Төлкө. Николай Якутский
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Төлкө - Николай Якутский страница 58
– Тоойуом, мин өлөрүм чугаһаабыт эмээхсиммин. Бачча сааһым тухары баай ыалга үлэлээн-үлэлээн ордоруммут эрэ таҥаһым ити. Кэтэн кэбис… Эн эдэргин!..
Кырдьык, бу баайга хамначчыт буолан баай Дьаакыбылаптар хотоннорун сааҕын күрдьэн, икки хараҕын хотон ыытыгар быһа сиэтэн бу көрбөт буолбут Сөдүөччүйэ эмээхсин, үлэлээн-үлэлээн, ордоруммут эрэ таҥаһа диэн ити ырбаахы этэ. Кини урут харахтаах эрдэҕинэ саас биирдэ эмэтэ ити ырбаахытын кэтэн чугас ыалларыгар баран кэлэрэ. Билигин, көрбөт буолан баран, бу ырбаахытын кэппэт этэ.
Таҥаһынан тутаан сылдьар Маайа эмээхсиҥҥэ улаханнык баһыыбалыыр, махтанар. Кини бу ырбаахытын кэтэн, дьон баар сиригэр көстөр буолбута. Онтон, кыһыҥҥы тымныылар түспүттэригэр, аны хотонуттан дьиэтигэр кыайан киирбэт буолар. Сүөдэр, үлэтиттэн кэллэҕинэ тахсан, кулун сонун кэтэрдэн киллэрэрэ.
Суунар-тараанар бокуойа суох буолан, Маайа уһун хара солко курдук суһуохтарын, өрүммэккэ, бүк-тах эрийэн, кирдээх былаатынан саба баанан сылдьара.
Кылгас күннээх, уһун түүннээх, туманнаах тымныылаах кыһын Охонооһойоп таҥараҕа тиийэн аҥаар муоһа тостон, күн уһаан, халлаан сырдаан, күнүс дьыбар тахсар буолан барар. Ол да буоллар хотон иһэ син биир сырдаабат. Онон-манан эркини дьөлүтэ аспыт курдук, муус түннүктэр бааллара халлаан сырдыгын кыайан киллэрбэттэр. Хотон аана аһылыннаҕына, Маайа хараҕа саатар, сөрүүн, ыраас салгынтан мэйиитэ эргийэр, сүрэҕэ өлөхсүйэр.
Хотуннара Огдооччуйа, хотон иһигэр киирэ сылдьыбатар да, күнүс далга тахсыбыт ынахтары көрө-көрө:
– Хотоҥҥутун ыраастаабат буолаҥҥыт, ынахтарым өттүктэрэ лаҥха буолбут. Хотону үчүгэйдик ыраастаабат буоллаххытына, ынахтар өттүктэрин кирин тиискитинэн кирдэриэм! – диэн хамначчыт дьахталлары, кыргыттары ыххайар, мөҕөр.
Кыһын ааһан, саас илэ-бодо кэлэр. Дьиэ таһыгар чалбахтар халыйбыттар. Ынахтар түүлээн бараллар, сарсыарда, таһырдьа тахса охсоору дьүккүһэн, быаларын эрэ быспаттар, киэһэ бэрт эрэйинэн хотонноругар киирэллэр. Хотон муус түннүктэрэ дьөллүбүттэринэн күн уота чаҕылыйан, Маайаны таһырдьа ыҥырар курдук.
Арай биир маннык күн, Маайа ынахтарын сааҕын эһээри түннүктэр анныларыгар чөмөхтүү сырыттаҕына, хотуна Огдооччуйа хотоҥҥо киирэн кэлэр. Ол киирээт:
– Баай ыал кыыстара буолан бараҥҥын, ынах сааҕын сатаан күрдьүбэт эбиккин дуу? Тылыҥ-өһүҥ сытыыта бэрт дии, илиигинэн сатаабат буоллаххына, тылгынан салатыам! – дии-дии ыххайар.
Маайа, күрдьэҕин ынах сааҕар батары анньан баран, саҥата суох турар. Кини сааскы сииктээх, таммалыы турар үрүттээх хотону мантан ордук ыраастыыр кыаҕа суох. Онуоха эбии билигин таһырдьа чалбах тахсан, сүөһү чалбахтан уулуур буолан, үгүстэрэ сыптарыйаллара.
– Хаарыс-солко таҥаһым киртийиэ диэн, бу курдук үлэлиириҥ буолуо!
– Хотоҥҥут кыараҕас, билигин саас кэллэ, – диир Маайа, тулуйа сатаан баран.
– Эн кэлэҥҥин миэхэ киэҥ хотону тоҕо тутан