Төлкө. Николай Якутский
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Төлкө - Николай Якутский страница 56
Сүөдэр саҥата суох турар. Кини, икки илиититтэн ураты туох да баайа суох киһи, тугунан итини барытын толуйуой, төлүөй!
Түгэх хостон аны хотуна Огдооччуйа тахсан кэлэр.
– Баай киһи күтүөтэ баардаах аҕай буолуо, оҕонньоор, хара ыттан барытын ыга үктээн ыл! Биэрбэт буоллаҕына, дьыалата оҥорторон «сибииккэҕэ» уктар! Ыраахтааҕы бэлэм аһын аһаатаҕына билиэ!
Сылгыһыт Сүөдэр, туох да диэн хоруйдуон булумуна, илбирийбит эргэ кыл сэлээппэтин мускуйа турар. Кини иһигэр саныыр: «Кэргэнэ суоҕум эбитэ буоллар, биир сымыыт ханна сытыйбатаҕа баарай – бу хара батталлаах дьонтон атын сиргэ күрүөм этэ», – диэн. Билигин кини, Маайаны батыһыннаран, ханна барыай, тугу гыныай?!
– Чэ, туруоҥ дуо, харчыгын ууран кулу уонна ханна баҕарар дьүгэлий, киэр буол!
– Харчым суох.
– Харчыҥ суо-о-ох!.. Хара түөкүн, харчыта суох буоллаххына, эттээх хааҥҥытынан, хара көлөһүҥҥүтүнэн толуттарыам.
Оҕонньоругар хос сыҥаах буолан Огдооччуйа обургу, өттүк баттанан ырҕаллан туран, ыххайар:
– Хара түөкүнү, ыспараанньык тойоҥҥо этэҥҥин, хараҥа хаайыыга, түүнүктээх түрмэҕэ уктар… Муннун сиирдэхтэринэ, сүүһүгэр бэчээт уурдахтарына билиэ…
Инньэ диэт Огдооччуйа, куһаҕан баҕайытык көрө-көрө, хос иһиттэн тахсан барар. Дьаакыбылап кулуба, утаа соҕус тыын ылан турбахтаан баран, этэр:
– Чэ, ноко, иккиттэн биирин тал: биэс сыл устата таҥас-сап көрдөөбөккө, хамнас аахсыбакка, иккиэн айаххытыгар эрэ аһаан үлэлиигит… биитэр – дьыала оҥорон суукка биэрэбин.
Сүөдэр саҥата суох сукуллан турар. «Биэс сыл хамнас аахсыбакка үлэлиир… Оо, тугун өрөй!.. Тугу таҥнан дьон буолабытый?.. Маайа итини хайдах истиэй?» – диэн санаалар, сайыҥҥы бырдах киһиттэн арахсыбатын курдук, өйүгэр кэлэн киирэ тураллар.
– Икки киһи биэс сыл үлэлээн толуйарын курдук элбэҕи эһигиттэн хороппотоҕум буолуо… Алыс элбэҕи көрдүүгүт, – диир Сүөдэр.
– Эт, үлэлиигит дуу, суох дуу? – тойоно ыгар.
Сылгыһыт Сүөдэр ханна да барбытын иһин үлэлээн эрэ аһыыр кыахтаах. Бачча улаатыар диэри кини Дьаакыбылаптаахха үлэлээтэ да, биир да харчыны аахсан ылбатаҕа. Сайын сыгынньах сылдьыбатын диэн, кыһын тоҥон өлбөтүн диэн таҥыннараллара, хоргуйан өлбөтүн диэн аһаталлара. Онтон атын олоҕу кини көрө, билэ илик.
Сүөдэр, өр соҕус санаарҕаан туран баран, аат эрэ харата хардарар:
– Үлэлиэхпит…
– Өйдөөн кэбис, биэс сыл иккиэн үлэлиигит… Чэ, итиэннэ, икки харахпар көстүмэ, киэр буол! – Дьаакыбылап кулуба хамнаһа суох икки хамначчыттаммытыттан иһигэр бэркэ үөрэ саныыр.
Сүөдэр саҥата суох тойонун аах дьиэлэриттэн тахсар. Ыксаабытыттан, ыгылыйбытыттан эбитэ дуу, кини хараҕар халлаан хайдах эрэ кып-кыһыл хаан өҥнөнөн көһүннэ. «Биэс сыл үлэлээн!» – диэн Дьаакыбылап эппит тыла уол кулгааҕын чуҥкунатарга дылы. Ол курдук баран иһэн Маайаны утары