Төлкө. Николай Якутский

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Төлкө - Николай Якутский страница 51

Жанр:
Серия:
Издательство:
Төлкө - Николай Якутский

Скачать книгу

бу курдук кэпсииллэр: «Таҥара бэрт былыр, хамсыыр харамайы айарын саҕана, ханнык көтөр төһө сымыыттаах буоларын барытын быһаарбыт. Онно үгүрүөнү көтөрдөртөн эрэ барыларыттан аҕыйахтык, түөртэ эрэ, сымыыттыыр гына айбыт. Оттон оннооҕор чыркымай куһу тоҕуста сымыыттыыр гына оҥорбут. Үгүрүө сымыытын ахсаанын мыынан турбут. Таҥара, кини көрдөһүүтүн истиминэ эрэ, ырайыгар көтөн хаалбыт. Үгүрүө таҥараны эккирэтэн үөһэ тахсыбыт да – хантан кыайан ситиэй! – куоттаран кэбиспит уонна хаһыытаабыт:

      – Сымыыппын эппэт буоллаххына, халлаантан сиргэ дэлби түһэн өлүөм!

      Үгүрүө онтон ыла күн бүгүнүгэр диэри таҥараны куттуу сатыыр да, хата таҥарата кини көрдөһүүтүн истиэх эрэ быһыыта суох», – диэн Сүөдэр бэрт өрдөөҕүтэ Сөдүөччүйэ эмээхсин сэһэнин истибитин кэпсиир.

      Маайа утаакы буолаат, туохтан эрэ санаарҕаабыт курдук, саҥата суох испэхтээн баран эттэ:

      – Ама, таҥара оннук аһынар сүрэҕэ суоҕа буолуо дуо? Эрэйдээххэ сымыытын эбэн да биэриэ эбит.

      Борук-сорук буолуута айан дьоно лүүчүттэр сирдэрин биир киэҥ күөлүн халдьаайытыгар олорор балыксыт Кыдама оҕонньорго тиийэллэр.

      Бу ыал киэһэ аһылыктарын аһыы иликтэр эбит. Улахан дьэс алтан солуурга бөдөҥ соҕус соболору буһарбыттар. Оһоҕу тула, соболоро буһарын кэтэһэн, бэрт элбэх кыра оҕолор баттахтара күкээрэн тураллар. Оҕолортон улаханнара – уончалаах кыыс эрэ тырыттыбыт даба ырбаахылаах, киниттэн кыралар бары ийэттэн төрөөбүтүнэн сылдьаллар.

      Кыдама баайдар мастарын кэрдэн бакыгыр атахтаммыта, отторун оттоон уһун илиилэммитэ. Дэлэҕэ, киниэхэ «Кыдама» диэн хос аат иҥиэ дуо? Баайдарга төһөлөөх элбэх оту кэбиспитэ буолуой? Кинилэр нэһилиэктэрин кинээһэ Ньоҕоро баай Киэҥ эбэҕэ баара-суоҕа аҕыс эрэ сиргэ от кэбистэрэр. Биирдии кэбиһииттэн сүүстэн тахсалыы сыарҕа от тахсар. Ол оттору кэбиһэллэригэр үрдүгэр алта киһи уонна түөрт ат тэпсэр. Онно кини биир бастыҥ кыдамаһыт.

      Кыдама оҕонньор сыл устатыгар бу сааскы аҕыйах хонукка эрэ дьиэтигэр олорор, ыам балыгын бултаан дьонун тото аһатар, бэйэтэ сынньанар. Дьэ ол кэннэ маҥнайгы хотуур түһүөҕүттэн күһүн Бокуруоп таҥара кэлиэр диэри от үлэтигэр баайдарга сылдьар.

      Дьиэлээх дьахтар, ыалдьыттарын диэки килип-халып көрүтэлии-көрүтэлии, собону хоторор. Буспут собо минньигэс сыта аччык дьон муннуларыгар дьар гына түһэр, иҥсэлэрин көбүтэр.

      «Баай ыал – тобоҕунан, дьадаҥы ыал – баарынан-суоҕунан аһатар» диэн саха өһүн хоһооно баар, ол курдук, бу ыалдьыт оҕолор, балык сиэх буоллаххытына, остуолга кэлиҥ», – диэн дьиэлээх дьахтар ыҥырар.

      Сүөдэрдээх Маайа, саҥата суох остуолга кэлэн, собо сиэн бараллар. Соболоро сиэтэхтэрин аайы улам минньийэн иһэр. Маайа хаһан да маннык минньигэс эттээх балыгы сиэбитин өйдөөбөт. Соҕотох биир хонук иһигэр бары-барыта уларыйар да буолар эбит! Дьонун аахха олордоҕуна, аһыыр аһа барыта амтана суох сымсах буолара. Билигин ас амтана минньийбит даҕаны!

      Собо сиэн, миин иһэн тотон эрдэхтэринэ, дьиэлээх дьахтар, ыалдьыттарын диэки эмиэ килип-халып көрүтэлээн баран, ыйытар:

      – Эдэр оҕолор, хоноҕут дуу,

Скачать книгу