Төлкө. Николай Якутский

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Төлкө - Николай Якутский страница 48

Жанр:
Серия:
Издательство:
Төлкө - Николай Якутский

Скачать книгу

иһин диэки тиэтэйэ-саарайа бараллар. Кинилэр Сүөдэр манна миинэн кэлбит атын – Дьаакыбылап кулуба быраабатыгар сылдьар атын – дулҕалаах маарга өртөөн аһата ыыппыт сиригэр тиийэллэр. Ойуур саҕатыгар, сыгынах анныгар бырахпыт ыҥыырын аттыгар кэлэн тохтууллар. Маайаны ыҥыран кыргыттар хаһыытаһаллара «ньуу-ньаа» курдук эрэ иһиллэр буолар.

      – Аккын ыҥыырдаа, бара охсуох! – диэн Маайа кэргэнин тиэтэтэр.

      Сүөдэр, атын сиэтэн аҕалан, ыҥыырдаан хачыгыраһар. Маайа, түүҥҥү сииктээх тымныы салгынтан тоҥон, титирэстии турар. Маайа ыҥыыр сыппыт сирин аттыгар тымтай турарын көрөр.

      – Бу тымтайга туохтааххыный?

      – Аҕыйах үөлүллүбүт собону ыалтан ылбытым… Киһи сиэбэт буолла ини, – диэн кэбиһэр Сүөдэр, атын холунун тарда-тарда.

      Маайа баран тымтайы өҥөйөн көрөр. Үөлүллүбүт собо минньигэс сыта бэлэһин кычыгылатар. Кини, аһыан олус баҕаран, биир собону ылбыта сахсырҕалааҕын көрөн киэр илгэр:

      – Па! Мантан ураты аһыыр аспыт суох дуу?

      Сүөдэр тугу да саҥарбат. Кини: «Миигин кытта барсаҥҥын бэрт элбэхтик аччыктыырыҥ буолуо эбээт», – диэри гынан баран туттунна. Сүөдэр, атын тэһиинин ыҥыырын хоҥсуоччутугар ыйаан баран:

      – Мэ, мин соммун кэт, тоҥмуккун! – диир. Маайа кини сонун кэппитин кэннэ, оҕо курдук көтөҕөн ылан ыҥыырын кэннигэр мэҥэһиннэрэ олордор, бэйэтэ чэпчэки диэн бэйэлээхтик ыҥыырыгар хап гына олоро биэрэр. – Ханна барабыт?

      – Ханна баҕарар илт… Истэҕин дуо, дьонум аах көрдүү сылдьаллар. Чэ, түргэнник бара охсуох! – диэн Маайа тиэтэтэр.

      II

      Сүөдэр атын хаамтарар. Ат аҕыйах хонуктааҕыта манна кэлбит суолунан, ханнык эрэ ыллык устун, барар. Ханна да баран иһэллэрин бэйэтэ да билбэт буолан, Сүөдэр аты хайа да диэки салайбат. Ат Төгүрүк алаас хоту саҕатынан ыллык устун суолга киирэр. Бу суолунан Сүөдэр Намтан кэлбитэ. Алаас арҕаа өттүгэр Маайа дьонун дьиэлэрэ көстөр.

      – Төрөөбүт алааспын кэриэс көрөн ааһыахпын, аккын бытааннык хаамтар, – диир Маайа.

      – Дьонуҥ көрүөхтэрэ, – диэн Сүөдэр, «Маайабын былдьатыам» диэн куттаммыт курдук, сибигинэйэр.

      – Көрбүттэрин да иһин, кими кытта барда диэн сэрэйдэхтэрэй? Сэрэйиэхтэрэ суоҕа, – диэн баран Маайа үөһэ тыынар. Түүн үөһэ ааспыт быһыылаах, халлаан хотугулуу-илин иитэ сырдыахха айылаах саһаран барар. Алаас саҕатынааҕы хойуу талах иһигэр араҕас түөстээх талах чыычааҕа ыллаан чыыбыгырыыр.

      Ат, тыбыыра-тыбыыра, бытааннык хааман иһэр. Маайа хараҕын дьонун аах дьиэлэриттэн араарбат.

      – Сүөдээр, аккын тохтот эрэ. Дьоммун кытта бырастыыласпатым, саатар төрөөбүт алааһым барахсаны кытта, түһэн, хонуутунан хааман, бырастыылаһыым.

      Сүөдэр атын тохтотор. Суол үүт бүтэйи кыйа барар. Уоллаах кыыс суол кытыытынан, күөх отунан, сэргэстэһэ хаамсаллар. От сэбирдэҕэр дьэп-дьэҥкир сиик таммахтара, мөһүүрэ симэх курдук, килэбэчийэн көстөллөр. Салгын хамсаабат уу чуумпута. Төгүрүк алаас күөлүн уута харааран көстөр. Чыркымай кус от саҕатынан устара үрүҥ көмүс суол буолан дыргыйар. Маайа дьонун түптэлэрин

Скачать книгу