Төлкө. Николай Якутский

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Төлкө - Николай Якутский страница 44

Жанр:
Серия:
Издательство:
Төлкө - Николай Якутский

Скачать книгу

кыаһаан муустанар. Ону көрөн олорор дьон санааларыгар, бу үс ойуун илэ-чахчы тымныы халлааҥҥа ыттыбыт курдуктара. Ол курдук кыыран, ойууннар Маайа үөрүн үөһэ үтэйэллэр.

      Кыһыҥҥы түүн ааһыыта ойууннар кыыран бүтэллэр.

      Дьон бэрт тиэтэлинэн таҥнан, эмэгэттээх хоруобу сүгэн уонна «кэрэх» тириитин илдьэ ойуурга тахсаллар. Манна хайа сахха хаһыллан бэлэм турар ииҥҥэ эмэгэти көмөллөр уонна «кэрэх» тириитин ыйыыллар. Кинилэр эргиллэн киириилэригэр остуол муҥунан ас-арыгы бөҕө тардыллан тоһуйар. Ойууннар, улахан бэйэлээҕи кыайбыт курдук, үөрэ-көтө аһыыллар.

      – Дьэ, бэрт эрэйинэн да буоллар, үтэйдибит. Аны оҕоҕут үөрэ биллиэ суоҕа, – диэн Сыгынньах ойуун дьиэлээхтэри уоскутардыы этэр.

      – Эһиги эппэтэххит буоллун! – диэн дьиэлээх Сэмэн оҕонньор уонна Ылдьаана үөрэллэр.

      Бу күн ойууннар кыыралларын көрө кэлбит дьон дьиэлэригэр тарҕаһаллар. Ойууннар манна өрүүллэр, сынньаналлар. Иккис күнүгэр, дьиэлэригэр баралларыгар, Харатаайаптаах кинилэргэ биирдии буос ынаҕы манньалыыллар, «илии соттууга» диэн сүүрбэлии арсыын сиидэс таҥаһы туттараллар уонна «атах соболоҥо» диэн 25-тии солкуобай харчыны биэрэллэр.

      Ойууннар Маайа үөрүн үтэйиэхтэриттэн ыла, кырдьык-хордьук курдук, дьон: «Маайаны көрдүбүт, иһиттибит», – дэһэллэрэ тохтуур. Ийэтэ Ылдьаана, аҕата Сэмэн хайдах эрэ сынньаммыт курдук буолаллар.

      VI

      Маайа сүтүөҕүттэн ыла иккис кыһына ааһан үһүс сайыныгар тиийбитэ. Харатаайаптаах кыыстарын сүтэрэн маҥнай утаа сордоммуттара-муҥнаммыттара, аһыйбыттара-аймаммыттара, син баас чэрдийэн оһорун курдук, күннээҕи олох түбүгэр үтүрүйтэрэн арыый мүлүрүйэн барбыта.

      Эмэгэти көммүт сирдэрин, киһи көмүллэ сытар сирин курдук, тимир эрэһээҥкинэн эргиттэрбиттэрэ, маһынан уҥуох туттарбыттара. Уһун ньолбуһах тааска улуус суруксутугар быстаран суруйтарбыттара: «Бу таас анныгар көмүллэ сытар Мария Семеновна Каратаева кыыс. Төрөөбүтэ 1876 сыллаахха – өлбүтэ 1900 сыллаахха. Айыы таҥара, кулутуҥ дууһатын тут».

      Ийэтэ Ылдьаана, бу мас анныгар кырдьык оҕото Маайа көмүллэ сытарын курдук санаан, сотору-сотору тахсан хараҕын уутун тоҕон, санаата чэпчээн киирэрэ. «Маайа уҥуоҕун» тула хаһыллыбыт буорга бөдөҥ сибэккилэр хойуутук үүммүттэрэ.

      – Төрөөбүт ийэ буора оҕом барахсан уҥуоҕун бэйэтэ киэркэтэр буоллаҕа! – дии-дии Ылдьаана сибэккилэри имэрийэрэ, сыллаан көрөрө. Кини, бу сибэккилэри имэрийэн, сыллыы олорон, оҕотун Маайа төбөтүн имэрийбит, сыллаабыт курдук санаан уоскуйара уонна тула өттүн кэрийэ көрөрө. Кини, өллөҕүнэ, кыыһын Маайа аттыгар көмтөрөргө кэриэһин этэр санаалааҕа.

      Оттон Сэмэн оҕонньор «кыыһын уҥуоҕар» эрэһээҥкинэн төгүрүппүттэрин уонна маһынан уҥуох туппуттарын харчытын төлөөрү эрэ кэлэ сылдьыбыта. Кини кыыһын туһунан тугу саныырын ким да билбэт этэ. Хата, ол оннугар оҕонньор Бүлүү куоратыгар киирэ сылдьан Дьокуускай куораттан кэлбит дьонтон атыыһыт күтүөтүн сураһа сатыыра да, ким да оннук ааттаах атыыһыт баарын билбэт этэ. Кини туһугар барыта хайдах эрэ мунаах,

Скачать книгу