Төлкө. Николай Якутский

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Төлкө - Николай Якутский страница 47

Жанр:
Серия:
Издательство:
Төлкө - Николай Якутский

Скачать книгу

иһин ынах сааҕын күрдьэр күрдьэҕинэн кырбаабытын, ол кэнниттэн кыыс эрэйдээх хотон өһүөтүгэр ыйанан өлбүтүн саныы биэрэр. Алааппыйаны киниэхэ сүөрдэрбиттэрэ. Оо, онно кини куттанна да этэ! Ол кыыс эрэйдээх ыйанан турара көрүөххэ сүрэ бэрдэ. Маайа киниттэн, Сүөдэртэн, сылтаан, ол кыыс курдук ыйанан турара олус да ынырык буолсу.

      – Мин ити суолунан барыам суоҕа, – диэн Маайа Сүөдэри уоскутар. – Иккис суол – ити эн кэпсээбит кэпсээҥҥин ийэлээх аҕабар, дьоммор кэпсээн, аатым алдьанан, киһи сирэйин таба көрбөт буолан олоруохтаахпын. Урут мин сөбүлээбэтэх уолаттарым, кинилэр дьонноро тиистэрин ыраастыыр, тылларын туустуур киһилэрэ буолан… ийэлээх аҕабар атах адаҕата, моонньуларын муомаҕа, эриэн ыт элэгэ, күөрт ыт күлүүтэ…

      Сүөдэр итини истэн эмиэ сүрэҕэ ытырбахтаан ылар. Маннык бэйэлээх кэрэчээн кыыс дьолун, инники кэскилин кини быспыт. Маайа эрэйдэнэрэ, сордоноро барыта киниттэн тутаахтаах, киниттэн төрүөттээх. «Бу бэйэлээхпин эрэйдиир төрүөккэ мин манна кэлбит эбит буоллаҕым», – диэн кини манна кэлбитин, Маайаны көрсүбүтүн кэмсинэ саныы олордоҕуна Маайа этэр:

      – Суох! Мин ити суолунан эмиэ барыам суоҕа.

      Сүөдэр тугу да гыныан булбат. Кини Маайаны уоскутаары:

      – Мин кэлбэтэҕим буоллар ордук буолуо эбит, – диир. Кини санаатыгар, кэлбэтэҕэ буоллар, Маайа, тугу да билиминэ, урут олорбутун курдук олоруо этэ. Маҥнай утаа көһүтэн көрөн баран умнан, атын киһини таптаан, эргэ тахсан, үчүгэйдик олоруоҕун кини бу кэлэн мэһэйдээбит.

      – Туох диэн эттэххиний, эн кэлбитиҥ үчүгэй… Мин, тугу да билиминэ, эйигин көһүтэн да биэртим! Кэл, – диэн баран, Маайа аттыгар олорор Сүөдэри ыга кууһар. – Үһүс суолу иһит!

      – Истэбин, – диир Сүөдэр аат эрэ харата, иһиллэр-иһиллибэттик.

      – Сүөдэр, «таптаабыт тайахтааҕы батыһар, сөбүлээбит сүгэһэрдээҕи кытта барсар» дииллэр. Мин эйиэхэ баайгар ымсыыран тахсыбатаҕым – бэйэҕин таптаан тахсыбытым… Мин эйигин кытта барсабын! – диэн баран Маайа уолуйан туох да диэн булбакка, соһуйбут курдук көрөн олорор Сүөдэри уураан-сыллаан барар.

      Сүөдэр үөрүөн да, хомойуон да билбэт. Кини санаата харааччы иирэн хаалар. Манна кэлэригэр Маайатын көрөр эрэ баҕалааҕа. Оттон билигин Маайа кинини кытта «барсабын» диир. Кэргэнин киллэрэр дьиэлээҕэ, аһатар астааҕа буоллар, кини төһө эрэ үөрэ истэр этэ Маайа ити тылын! Оттон билигин кини үөрэрин оннугар ордук санаарҕаабыт, куттаммыт курдук көрүтэлиир.

      – Кэбис, Маайа, миигин кытта барсан туох эрэйин көрдөххүнүй?!

      – Сүөдэр, хата, дьонум сүтүктээн көрдүү иликтэринэ бара охсуох! – диэбитинэн Маайа ойон турар уонна Сүөдэри олорор дүлүҥүттэн туруору тардар.

      Сүөдэр улаханнык саарыыр. Кини бу баай ыал атаах кыыстара, ас суох буолан аччыктыыры, таҥас суох буолан саатары, тоҥору билбэт буолан, миигин кытта барсаары гынар буоллаҕа дии саныыр. Ол эрээри кини Маайаны олус таптыыр буолан, хайдах да «барсыма!» диэҕин тыла тахсыбат.

      – Маайа, мин үлэлээн эрэ буллахпына аһыыр киһибин, – диир Сүөдэр, «Маайа

Скачать книгу