Төлкө. Николай Якутский

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Төлкө - Николай Якутский страница 49

Жанр:
Серия:
Издательство:
Төлкө - Николай Якутский

Скачать книгу

дуу?» – диэн санаа кини өйүттэн арахпат. Ол эрээри таптыыр киһититтэн, Сүөдэртэн, хаалыан, арахсыан эмиэ да баҕарбат. Оттон: «Туттар үбэ, таҥнар таҥаһа, аһыыр аһа суох буолан муҥнаныам», – диэн санаа Маайаны билигин да таарыйбат. Кини баай дьонугар олорон харчы, таҥас, ас хантан кэлэрин, хайдах көстөрүн букатын билбэтэ. Билигин да олорунан эрэ тутахсыйыам дии санаабат. Ол оннугар «ханна тиийэбит, хайдах дьону кытта көрсөбүт?» диэн санаа кинини дьулатар.

      Сүөдэр буоллаҕына, ат иннигэр киирэн, Маайаны батыһыннаран иһэн, саныыр эрэ санаата, куттанар эрэ куттаныыта: хантан харчыланан, тугу таҥнан, аһаан олоруох бэйэбитий?

      Суол, синньигэс ситии курдук, хара күөх лабаалаах харыйа мас былаастаах тиит ойуурдары быһан, ыарҕалаах, талахтаах от үрэхтэри батыһан, бадарааннаах, баҕа батаһа от бүрүйэ үүммүт маардарын туораан, кыараҕас, киэҥ алаастары кыйан, киһи уҥуохтаах тумуллары кэтэхтэринэн-анныларынан ааһыталаан, эргэ өтөхтөрү таарыйан, быстыбакка, бардар баран истэ.

      Халлаан сырдыыр. Хара тыа иһэ, алаастар күөх хонуулара барыта чыычаахтар ырыаларынан туолар. Маайа маны урут хаһан да истибэт этэ. Бачча сааһыгар диэри, хаппахчытын иһигэр хаайтаран, кини кэрэни, үчүгэйи да билбэккэ олорбут эбит! Өр буолбат, халлаан тус илин иититтэн ыраас күн ойон тахсар.

      Урут хаһан да Маайа күн тахсан эрэрин көрө илигэ. Оо, кэрэ да буолар эбит! Оттуун-мастыын бары хайдах эрэ үөрбүт-көппүт курдук көстөллөр. Киэҥ сыһыы дэхси хонуутун үрдүнэн күөрэгэйдэр, икки кынаттарын быластыы быраҕан баран, биир сиргэ дьырылыы-дьырылыы, кынаттарын илибирэтэ тураллара саҥа тахсыбыт күн уотугар үрүҥ көмүс курдук буолан кылапаччыйан көстөллөр.

      Күн төһө үөһэ тахсар да, соччо сырдаан тыына сылыйан барар. Маайа бу сарсыарда төрөөбүт дойдутун айылҕата уһуктуутун сабыс-саҥа көрөн эрэр. Урут кини билэрэ, көрөрө эрэ диэн – дьиэтин тэлгэһэтэ, тэлгэһэтин тулата этэ. Ол, биллэн турар, киэҥ сиргэ холоотоххо, тиэрбэс эрэ саҕа буолаахтаатаҕа дии! Маайа дьиэтин тула үүнэр мастары-оттору барыларын көрөн-көрөн хал буолан хаалбыта. Оттон билигин ат хас хардыытын аайы саҥаттан-саҥа көстөн иһэр. Арыт кылбаа маҥан туостаах, солко күөх сэбирдэхтээх хатыҥ чараҥ кэлэр. Арыт кубархай хатырыктаах, сип-синньигэс тэтиҥ мастардаах сирдэри ааһыталыыллар. Маайа санаарҕабылын сарсыардааҥҥы айылҕа кэрэтэ үтүрүйэн кэбистэ. Кини сарсыардааҥҥы ыраас салгынынан дуоһуйа тыынна.

* * *

      Суол, Маайа төрөөбүт Төгүрүк алааһыттан улам ыраатан, хотугулуу-илин түһэн барда. Сотору-сотору алаастара аҕыйаан, эмпэркэй сыырдаах, ууларын ортотуттан хатырыктара-лабаалара суйдаммыт, былыр үйэҕэ өлбүт күтүр улахан кыыллар бүлтэс уҥуохтара быган туралларын курдук, кубарыспыт мастардаах тыымпылар, дүөдэлэр кэлитэлээтилэр.

      Салгын сылыйан, бырдах үөрэ сииктээх маардар отторун, дулҕаларын быыһыттан көтөн тахсан ат самыытыгар, Маайа, Сүөдэр үрдүлэригэр хара тордох буола мусталлар. Сүөдэр суол ойоҕоһуттан хатыҥ лабааларын тоһутан дэйбиир оҥорор. Ат эрэйдээх тулуйумуна, кутуругунан дэйбиирдэнэрин ааһан, тохтоон атаҕынан өрөҕөтүн тэбиэлии сатыыр.

Скачать книгу