Төлкө. Николай Якутский
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Төлкө - Николай Якутский страница 52
Кыдамалаахтан тахсан, аттарын мэҥэстэн, эмиэ уһун суолу батыһан бараллар. Суоллара бу ыал олорор алаастарын халдьаайы өттүнэн, киһи уҥуохтаах тумулу аннынан ааһар. Маайа киһи уҥуоҕун ааһан баран этэр:
– Сүөдэ-эр, эн киһи уҥуоҕуттан куттаммаккын дуо?
– Соҕотох буоллахпына, хайдах эрэ дьиксинэ санааччыбын.
– Соҕотоҕун сылдьан абааһыны көрбөккүн дуо?
– Билиҥҥитэ көрө иликпин.
– Абааһыны көрбүт дьон кэпсээннэрин истэриҥ дуо?
– Арай Сөдүөччүйэ эмээхсин кэпсиирин истэрим, – диир Сүөдэр уонна атын тэһиинин хамсатан, түргэтэтэн биэрэр.
Сөдүөччүйэ эмээхсин аатын Маайа аан бастаан иһиттэ. «Сүөдэр туох эмээхсинин кэпсиирий?» – диэн дьиктиргээн:
– Ити «Сөдүөччүйэ эмээхсин» диэн ханна баар эмээхсини ааттыыгыный?
– Сөдүөччүйэ эмээхсин дуо?.. Икки хараҕа суох, биһиги Дьаакыбылап кулубабыт хамначчыта… Эдэр эрдэҕиттэн кинилэргэ олорон кырыйда, икки хараҕынан көрбөт буолбута…
– Икки хараҕа суох эмээхсин… Эрэйдээхтэн тугу туһанаары ол ыал олордоллоруй?.. Тугу эмэни да буоллар туһалыыр дуу?
– Мин кыра эрдэхпинэ өйдүүбүн, ол эмээхсин харахтааҕа. Хойут хараҕа суох буолбута… Сөдүөччүйэ эмээхсин эрэйдээҕи мин ийэм кэриэтэ саныыбын… Кини миигин, тулаайах уолу, көрөн-харайан, көмүскэһэн киһи оҥорбута… Билигин да Дьаакыбылап кулуба суоратын-хааһытын босхо сиэбэт, күннэтэ аайы ынахтарын быатын, аттарын көнтөстөрүн хатан сордонор.
– Сүөдээр, ол эмээхсин бэйэтэ төрөппүт оҕото, кэргэнэ суоҕа дуо?
– Мин билиэхпиттэн ыла соҕотох: кэргэнэ да, оҕото да суох.
– Эрэйдээх, кими да таптаахтаабатах бэйэтэ буоллаҕа дии, – Маайа үөһэ тыынар.
– Былыр, эдэр кыыс сылдьан, Дьаакыбылап кулуба аҕатын хамначчытын, биир эдэр киһини, сөбүлүү көрбүтэ үһү. Ол киһи тойонун аах субан сүөһүлэрин өрүс арыытыгар киллэртии сылдьан ууга түһэн өлбүт. Онтон ыла аҥаардас кырдьаахтаабыт… Эн даҕаны Сөдүөччүйэ эмээхсин эрэйдээҕи сөбүлүөҥ, таптыаҥ.
– Сүөдэр, ол эмээхсин тугу кэпсиирэй?.. Чэ, кэпсээ.
Сүөдэр ол-бу диэки көрүтэлиир. Саха сирин сайыҥҥы түүнэ бүтэн эрэр. Киэҥ сир хайдах эрэ сырдаабыт курдук буолбут. Оттон ойуур иһэ билигин да боруҥуй турар. Халлаан илиҥҥи иитэ саһаран көстөр.
Суоллара киэҥ Ньидьили эбэ хотугулуу-илин эҥээринэн ааһар. Улахан күөл көтөрө-сүүрэрэ элбэҕэ сүрдээх. Күөл маһын саҕатыгар баар ууттан атыырдаах тыһы көҕөннөр көтөн куһугураһан тахсаллар.
Көҕөннөр көппүт сирдэрин ааһалларын аҕай кытта, суолларын аттыгар самнайбыт балаҕан көстө түһэр.
– Бу үүтээҥҥэ киирэн сынньанан ааспаппыт дуо? – Сүөдэр Маайаттан ыйытар.
– Кэбис, абааһылааҕа буолуо, – диир Маайа куттаммыт куолаһынан.
– Куттаныма, манна балыксыт олорор. Хата, киирэн балыкта сиэн ааһыах, – Сүөдэр атыттан түһэн иһэн Маайаны ыҥырар.
Маайа,