Төлкө. Николай Якутский
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Төлкө - Николай Якутский страница 60
Маайа этэ, Сүөдэркэ санаатыгар, күлүмүрдээн көстөргө дылы. Сүөдэркэ саатын быраҕар уонна, куска үөмэн эрэр курдук, ол-бу мастарынан сирэйдэнэн, хотоол уутун диэки сыыллар. «Кини – биһиги хамначчыппыт. Мин наадыйарбын күүспүнэн даҕаны ыллахпына, туох да боруок суох», – дии саныыр.
Сүөдэркэ урут хас да хамначчыт кыргыттары күүһүлэтэлээбитэ. Ол кыргыттар сордоохтор үҥүстэхтэринэ, хотуннара, хата, кинилэртэн сэттэлэрин ылара.
«Оҕо оонньоотоҕун аайы, ол-бу буола сылдьаҕыт. Кини тыыппытыттан сүтэрбиккит да кыра буолуо!» – диэн мөҕүтэлиирэ. Оттон хайалара эмэ хат буоллаҕына, ону дэлби сынньан оҕолорун түһэттэрэн кэбиһэрэ.
«Билигин ханна да куоппатах бэйэҥ ини!» – дии саныы-саныы, Сүөдэркэ, чугаһаан баран, туран кэлэр.
Маайа ону көрөөт:
– Уой! – диэн саҥа аллайбытынан сүүрэн тахсан, куурда уурбут ырбаахытын үрдүгэр түһэр. Кини тиэтэйэн, уолуйан хаалан, ырбаахытын кыайан кэтэ охсубат.
Сылластыгас Сүөдэркэ, сүүрэн кэлэн, ырбаахытын кыайан кэппэккэ булумахтана турар Маайаны кууһан ылар.
– Сааппаккын даҕаны, бу туох буола сылдьаҕыный?! – Маайа хаһыытыыр.
– Аргыый! Саҥарыма! Мин эйигин таптыыбын… Сылгыһыт Сүөдэр эйигин албыннаан ойох ылбыта… Кини биһиги хамначчыппыт… Миэхэ кэргэн кэл! Мин дьонум эйигин үчүгэйдик таҥыннарыахтара, – дии-дии Сүөдэркэ Маайаны сиргэ охторо сатыыр. Маайа, ырбаахытын уолугун булан, төбөтүн таһаарар. Аны Сүөдэркэ, Маайа төбөтүн кууһан ылан, уураан-сыллаан барар.
– Киэр буол! Туох буола сылдьаҕыный? – дии-дии Маайа сирэйин куоттара сатыыр.
– Манна биһиги хамначчыттарбытыттан ураты ким да кэлиэ суоҕа… Мин кинилэртэн куттаммаппын, кинилэр миигиттэн куттанныннар! Мин кинилэр тойоннорун оҕотобун… Ким эбит тыытан көрдүн эрэ! Мин тугу баҕарар гынарым көҥүлүм.
– Хамначчыттар да дьон буолбаттар дуо? Ол хайдах эн көҥүлгүнүй? – диэн баран Маайа Сүөдэркэни сирэйгэ сырбатар. – Бу баар эн көҥүлүҥ! Өйдөө, хамначчыт да киһи! Кини эһигиннээҕэр быдан ыраас сүрэхтээх киһи!
Сирэйгэ сырбаттаран соһуйан, Сүөдэркэ Маайаны ыһыктан кэбиһэр, хайдах эрэ кыра оҕо атаҕастаммытыттан хомойон көрөрүн курдук көрүтэлиир.
Маайа ырбаахытын кэтэ охсор. Кини иккис ырбаахыта сиргэ сытарын ылаары төҥкөйбүтүгэр Сүөдэркэ синньигэс биилиттэн кууһан ылар. Маайа, төлө көтөөрү, мөхсө сатыыр да, Сүөдэркэ кинини ыыппат.
– Ыыт диибин! – Маайа күүһүн муҥунан ыһыытаан бытарытар.
Сылластыгас Сүөдэркэ Маайаны эргитэ тардан кууһан ылар уонна сыҥааҕыттан, иэдэһиттэн, моонньуттан сыллыыр-ууруур.
– Дьоннор, көмөлөһүҥ! – Маайа хаһыытыыр. Иккистээн хаһыытаары салгыны эҕирийэн эрэрин көрөн, Сүөдэркэ айаҕын саба тутар. Маайа, тыына хаайтаран, ыксыыр. Туох баар күүһүнэн Сүөдэркэни быарга сырбатар.
– Ох! – диэт Сүөдэркэ ыһыктан кэбиһэр