Киһи биирдэ олорор. Софрон Данилов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов страница 39

Жанр:
Серия:
Издательство:
Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов

Скачать книгу

көрөллөр? Хара да өлүүгэ ыалдьыбыт киһини итинник туора анньаллара биллибэт, – диэн санаалар кыыс өйүгэр бучумахтастылар. – Оо, мин тоҕо Аргыылап баайтан төрөөбүт муҥмунуй? Тоҕо кини хамначчытыттан төрөөбөтөҕүм буолуой!..”

      Кыыча өр ытаата. Кэнникинэн мунньахха этиллибит хас хатыылаах тылы санаан, аҕала-аҕала ытаата. Хараҕын уута бараныыта көхсө кэҥии быһыытыйда. Тымныы салгыны дириҥник эҕирийтэлээн, уһуутаталаата.

      Киэһэ ырааппыт быһыылаах. Хара ылтаһын курдук халлааҥҥа аата-ахса биллибэт үгүс сулус чыпчылыҥнаһа бачымахтаспыт.

      Кыыча сонугар хаар сыстыбытын тэбэннэ, үтүлүгүн тииҥ билэтинэн сирэйин-хараҕын сотунна. Ол турдаҕына тротуар чигдитигэр чэпчэки атахтар сыбдыгырастылар.

      – …Онтон хайаатыгыт? Дьэ, дьэ, – кыыс саҥата тиэтэттэ. – Кэпсээриий!

      – Онтон кини миигин уураан ылла. Субу самантан. Түөһүттэн анньыбыта буолабын уонна бэйэм аны биирдэ уураатар дии саныыбын, – диэтэ атын кыыс. – Уой!.. Киһи!..

      Кыыча муннук кэтэҕэр сыста түстэ. Ол курдук кирийэн турда. “Дьоллоохтор, кинилэри ким да туора анньыбат. Хата бэйэлэрэ анньыбыта буолаллар…”

      Кыыс муннугуттан тахсаары гынан эрдэҕинэ эмиэ атахтар хоочугурастылар.

      – Кинилэр баҕас… – эр киһи саҥата тымныы салгыҥҥа хабырыйсардыы кыбдьыгыраата. – Хомсомуол буолан хончоҥноспуттара сөптөрө көстүө… Ыттар… кэрэдэхтэр… ситиһиллиэ…

      – Ар… гыый… – дьахтар саҥата сибигинэйдэ.

      Күлүктэр субу тиэтэйэ-саарайа барыгылдьыһан аастылар.

      “Ыттар… кэрэдэхтэр… ситиһиллиэ…” Кыыча ити тыллар төһөлөөх үлүгэр кырыктаахтык, өһүөннээхтик этиллибиттэрин бэркиһээтэ. Ити саҥа иччитэ туохтан даҕаны иҥнэн турбата, тугу даҕаны кэрэйбэтэ чахчы. Бу киһи саҥа дорҕооннорун буолбакка, сүрдээх ынырык сүлүһүнү тарҕата сылдьарга айылаах… Ити сүлүһүн комсомоллары, ол иһигэр билигин техникум кылааһыгар хаалбыт оҕолору утары туһуланар ээ. Оо, алдьархайдаах да суол – киһи киһиэхэ итинник өстөнөрө, итинник өһүөннүрэрэ! Итинник өстөөххө эмиэ ситинник эрэ өһүрдэххинэ сатанар. Инньэ гымматаххына, кини эйигин ас оҥорууһук дуо?.. Комсомолец уолаттар тыллара-өстөрө мааҕын Кыыча истэригэр олус да дьэбир, хабыр этэ. Ол эрээри ити билигин истибитигэр холоотоҕуна, букатын атын, букатын сымна эбит…

      Дьиэтин диэки хааман иһэн, уһуну-киэҥи эргитэ санаан, Кыыча улам уоскуйан барда. Кырдьыга, кини маннык буолуоҕа диэн уруккуттан дьиксинэрэ. Санаан да көрдөххө, Аргыылап баай кыыһын кинилэр тоҕо ытыстарын үрдүгэр түһэрэн ылыахтаахтар этэй? Үөрэҕэр үчүгэйин, үлэттэн аккаастамматын иһин дуо? Улахан эбит. Этэллэригэр дылы, контралар эмиэ үчүгэйдик үөрэниэхтэрин сөп. Ол тугу да быһаарбат. Оттон үлэни ким барыта үлэлиир. Оччоҕо тоҕо кинини бүк итэҕэйиэхтээхтэрий? Ити биир киһи өһүөннээхтик кыбдьыгыраан ааста дии. Хоонньугар быһаҕы укта сылдьан, ити киһиҥ дьон көрөрүгэр кимнээҕэр минньигэстик мичээрдиирэ, кимнээҕэр революционнайдык араатардаан хаһыытыыра буолуо.

Скачать книгу