Киһи биирдэ олорор. Софрон Данилов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов страница 41

Жанр:
Серия:
Издательство:
Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов

Скачать книгу

баттаан түргэн баҕайытык дьиэтин иһигэр сыбдыс гынна. Хоһугар киирэн халҕанын күрүчүөгүнэн хатаата итиэннэ, сыгынньахтаммакка эрэ, олбуор кэлииккэтин аана тыаһыырын иһиллээн чөрбөйөн түннүк холуодатыгар сыһынна. Сотору били саһархай сонноох киһи түннүгүнэн элэс гынан ааста. “Тоҕо киирбэтэ? Арыый ааһа баран кэтээн турара дуу? Ити аата билигин ылбат буоллахтара. Ким сылдьарын кэтээн билээри уһатар бэйэлэрэ дуу?”

      Эраст Константинович остуолун дьааһыгын субуйа тарта, хаппыт килиэп тоорохойо, эргэ сыыҥ соттор былааттар, хараарыар диэри киртийбит хаһааҥҥыта эрэ үрүҥ бэрчээкки аҥаара, кум-хам тутуллубут кумааҕылар сылдьалларын өрө-таҥнары буккуйда. Онтон орон анныттан икки сиринэн курдаах тирии чымадааны соһон таһааран арыйа баттаата. Кирдээх ис таҥаһы, эргэ гимнастеркалары төттөрү-таары ытыйда. Хасыһан-хасыһан эргэ кэмбиэри булла. Иһиттэн суругу ылан ааҕан барыгылдьытта уонна испиискэ уотугар уматан баран күлүн куукунаҕа тахсан оһоххо бырахта. Киирэн, чымадаанын иһирдьэ тэптэ итиэннэ өссө тугу суох оҥоруохха сатаныаҕын саныы сатаата. Санаан да тугу да өйдөөбөтө. Өйдүөн да иһин туга да суоҕа. Ити умаппыт суруга даҕаны дьиҥэ туох да куһаҕана суоҕа, госпитальга бииргэ эмтэммит табаарыһын суруга этэ. Ол да буоллар… Кэбис, умайдын, суоҕа ордук…

      Соболев бу түүн эмиэ аанньа утуйбата. Нухарыйан истэҕин аайы туох эрэ улахан, ыарахан, хап-хара баҕайы үрдүгэр баттыы түһэр. Оччоҕо хаһыытаабытынан уһукта биэрэр. Ийэ-хара көлөһүнэ тахсыбыт буолар. Сарсыарда ыаҕастаах уу кэриэтэ дьалкыҥнас төбөлөөх турда. Хаппыт килиэп тобоҕун аатыгар эрэ кум-хам ыстаан аһаатаҕа буолан үлэтигэр нэлбиҥнээтэ. Военком, баҕар, ыҥыран кэпсэтээрэй диэн кэтэстэ да, ыҥырбата. Соболев көрдөҕүнэ, үлэһиттэр барыларын даҕаны киниэхэ сыһыаннара уларыйбыкка дылы, бары киниттэн тэйэ туттар курдуктар. Күнү быһа ол курдук, кими да кытта сэлэспэккэ, кимиэхэ да чугаһаабакка, сүөдэҥнээн сырытта. Наар остуолугар олорон дьыалатын бэрийбитэ буолар. Эбиэккэ хайдах эрэ таһырдьа тахсыан дьулайан ханна да барбата. Остуолун дьааһыгыттан урут атыылаһан баран умнан кэбиспит бэрэскитэ таастыйа хатан сылдьарын булан сиэтэ. Өлүү болдьохтоох, ол олордоҕуна остуорас эмээхсин тугу эрэ көрдөөн хабытайданан киирэн, кинини көрөн, саҥа аллайда:

      – Хайа, эн баар эбиккин дуу?

      Ити ыйытыыттан Соболев эмээхсиннээҕэр итэҕэһэ суох соһуйда. Ити судургутук этиллибит тыллары эрийэ өйдөөн ылла. Кини соһуйбут уоҕа арыый ааһан, өй ылан: “Мин тоҕо суох буолуохтаах этибиний?” – диэн ыйытыан иккэрдигэр эмээхсинэ мэлис гынан хаалла. “Хайдах-хайдах баҕайыный, миигин ылыахтаахтарын уборщица кытары билэр эбит дуу? Киниэхэ тоҕо этиэхтэрэй? Дьон кэпсэппиттэрин истибитэ буолуо дуо?” – диэн эмиэ ыгылыйа, хараҕа хараҥара түстэ.

      Киэһэ үлэтиттэн төннөрүгэр хараҥа буолан таһырдьа туох даҕаны баарын кыайан көрбөтө. Суолун ортолоон иһэн тохтоон иһиллээтэ. Кэннигэр тэйиччи соҕус атах тыаһын иһиттэ. Эр киһи атаҕа. “Чэ сити, кини, – дии санаата Соболев. – Эмиэ батыһан иһэр”.

Скачать книгу