Киһи биирдэ олорор. Софрон Данилов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов страница 42

Жанр:
Серия:
Издательство:
Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов

Скачать книгу

куолаһа дуораһыйбытыттан уһукта биэрдэ.

      – Эраст Константинович, үтүө киэһэ.

      Хос ааныгар Аргыылап муннун аннынан торум курдук хара бытыктаммыт сирэйэ ньолос гына түстэ. Соболев сонно ойон туран бу арахсыбакка түбүлээбит түөкүнү таһырдьа анньан кэбиһиэн баҕарда да, тоҕо эрэ тыла тахсыбакка, мээнэнэн көрөн сытта. Аргыылап таҥастыын олоппоско олордо уонна дьаһайар быһыынан эттэ:

      – Тур!

      Соболев өс киирбэх оронугар олоро түспүтүн бэйэтэ да өйдөөбөккө хаалла.

      – Тоҕо сыттыҥ?

      – Тымныйан…

      – Тоҕо бэйэҕин көрүммэккин?

      – Ха… хайдах?..

      – Бытыккын тоҕо үчүгэйдик хоруммаккын?

      – Суох… хорунабын, – Соболев сэҥийэтин туппахтанна.

      – ЧК-лар интэриэһиргиэхтэрин баҕараҕын дуо, тоҕо маннык буолла диэн?

      – Ыалдьан… ыалдьабын…

      – Сымыйалаама! Үлэҕэр көтүппэккэ сылдьаҕын. Хата куттанан диэ. Ол кырдьык.

      Соболев өйүгэр: “Дикарь! Азиат! Миигин, дворянины, өссө күргүйдүүр!..” – диэн өһүргэнэр санаа чыпчылыйыы түгэнигэр эрэ кылам гынан ааста. Кыыһыран, тымтан уордаах тыллары этэрин оннугар аргыый ботугураата:

      – Ойоҕоһум… тыыннарбат…

      Аргыылап кини хараҕын батары көрдө:

      – Чэ түксү. Мин эппиппин ыла кэллим. Буллуҥ дуо?

      – С-суох…

      – Тоҕо?

      – Оҥоһулла илик быһыылаах, – Соболев, ыйан-хайан билэ сатаабатах да буоллар, уталыта эрэ түһээри хардарда.

      – Сымыйаҥ. Операция былаана бигэргэтиллибит. Былаан биир куоппуйата эһиэхэ, военкомакка, кэлбит буолуохтаах. Икки хонугу биэрэбин. Онтон уһатар сатаммат. Өйүүн былаан мин илиибэр киириэхтээх.

      – Хайдах?!

      – Эмиэ “хайдах?”! Хайдаҕын тобул. Өйдөө: өл да төрөө, өйүүҥҥү киэһэ тиһэх болдьох. Сэрии чаастарын кытта сибээһи олохтоотуҥ дуо?

      – Суох… Ээ… кэпсэтиһэ сырыттым да, бакаа түмүгэ биллибэт…

      – Тиэтэй. Күн-дьыл күүппэт. Умнума: өйүүн киэһэ кэлиэм. Уонна ыалдьыбыта буолан кубулунума. Кырдьык ыарыйдаххына даҕаны сорудах эйигиттэн уһуллубат. Сорудахтары толортоо, ол кэнниттэн – баһаалыста. Сирэйгин-хараххын көрүн. Киһилии бодолон. Сорудаҕы толорботоххуна биитэр ол-бу буолан куйбаҥнаатаххына, бэйэҕиттэн бэйэҥ хоргутаар. Эн даҕаны, биһиги даҕаны биир өтүүнэн тиһиллэ сылдьабыт. Ону өйдөө. Сэрэтэбин! Өйүүҥҥэ диэри.

      Соболев ыалдьыта барбытын кэнниттэн бүтүн чаас кэриҥэ оронугар хамнаабакка олордо. Төбөтө ыбыс-ыарахан, куп-куугунас, санаата туохха даҕаны чопчу иҥнибэт, иирбит үүт кэриэтэ биир кэм ытыллаҕас. Лаампата, кыраһыына бүтэн, тордоҕунан буруолаан симириҥнээн барбытыгар дьэ өйдөнөн саба үрдэ уонна хараҕа суох киһилии балааскайдаан тиийэн, муннукка ыскаап кэтэҕин харбыалаһан бытыылканы булан айаҕар таҥнары тутта. Тыыннаах испиир уотунан

Скачать книгу