Киһи биирдэ олорор. Софрон Данилов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов страница 49

Жанр:
Серия:
Издательство:
Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов

Скачать книгу

Баайыҥ хаһан да бэйэтэ сэриилэспэт, хамначчыттарынан сэриилэһиннэрэр. Оннук-оннук… Чэ көрүлээтиннэр. Суонданы эрэ тыыппатыннар. Кини билиҥҥитэ үрүҥҥэ да, кыһылга да кыттыһар санаата суох. Кыттыһыа да суоҕа. Туоҕун харыстаһан саа тутан саллаҥныаҕай? Туора киһи киэнигэр эмиэ умсугуйбат. Атын киһи тыыныгар туруохтааҕар бачча сааһыгар диэри биир эмэ көтөр-сүүрэр тыыныгар да турбута суох. Саханы сааһыт, булчут дииллэр даҕаны, кини саа чыыбыһын төлө тарда илик. Икки быччыҥын үлэтиттэн атыны билбэт. Билбэтэ ордук! Аргыылап даҕаны кинини бэйэтиттэн араарбат санаалаах. Сатаатар эрэ! Тойоно туох үчүгэйин, туох ордугун, туох барыстааҕын билэрэ буолуо. Алҕаһыа суоҕа. Кини баччааҥҥа диэри тугу эмэ алҕаһаан сыыһа туттубутун, ночоотурбутун, хотторбутун Суонда өйдөөбөт. Кэм кини түмүгэр хабыылаах тахсыбыта, сүүйүүлэммитэ баар буолааччы.

      Билиҥҥи кэмҥэ ол-бу айаҥҥа сылдьар кутталлаах. Көлөҕүн былдьаан ылыахтарын, тыыҥҥар туруохтарын даҕаны сөп. Суонда дьиэтин тэлгэһэтиттэн тэлэһийбэт санаалаах этэ. Ол гынан баран үнүрүүн Аргыылап таһаҕас киллэрбитэ аатыран куораттаа, ээр-сэмээр Бэлиэрий хайдах сылдьарын бил уонна Кыычаны илдьэ таҕыс диэбитигэр үөрбүтэ. Бэлиэрий хайдах баҕарар сылдьарыгар кини соччо кыһаллыбат. Оҕо эрдэҕиттэн аҕатын туйаҕын хатарбыт баҕайы. Остуолтан быга илигиттэн Суонданы киһи диэбэт этэ, көлүүр оҕуһунуу көрөрө, көҥүл үүрэрэ, мөҥөрө. Күлүү-оонньуу оҥосторо. Көхсүн чаачар саа оноҕоһунан батарыта ыттаҕына – ол суох, утуйа сыттаҕына муннугар сыҥсыыр табаҕы куттаҕына – ол суох. Оройунан көрбүт бэдик. Аҕатын курдук бардам, баламат, дьэбир, тыйыс, харса-хабыра суох.

      Суонда бэҕэһээ Испирдиэҥкэ дьиэтигэр сылдьан истибититтэн, кырдьыга, соччо курутуйбата: Бэлиэрийи, Испирдиэҥкэ оҕонньору эмиэ чыкаалар хаайбыттар үһү. Бука, туох эмэ куһаҕаны оҥорон түбэспит күтүрдэр буолуо ээ. Бэлиэрий үнүрүүн бэркэ түүнү сирэйдэнэн ааспыта. Аанньаҕа инньэ гымматах баҕайы ини. Оҥостубутугар түбэһэ сырыттын…

      Суонда Кыычатын илдьэ иһэр. Онтон ордук киниэхэ туох да наадата суох. Аргыылап оҕонньор обургу кэм өтө көрөн дьаһайбыт. Бэлиэрий улахан буруйу оҥорбут буоллаҕына, бука, балтын даҕаны сүгүннүөхтэр суох этэ. Уонна кыргыһыы кэмигэр кыыс оҕо куоракка араас алдьархайга тиксиэн сөп. Тойоно ону билээхтээбэт, сэрэйээхтээбэт буолсу дуо? Кэбис, бу долгуннаах күҥҥэ-дьылга оҕо дьиэтигэр, харах анныгар олорбута ордук.

      Кыыча барахсан ытыы сытар быһыылаах. Оҕо муҥнаах хайдах гыннаҕына үчүгэйин бэйэтэ да билбэтэ буолуо. Үөрэҕиттэн, доҕотторуттан арахсан айманнаҕа. Уонна ити Ылламнаах баҕайылар туппуттара-хаппыттара олус хабыра бэрт. Оннук буолбатаҕына эмиэ да сатаныа суох курдук этэ ээ. Итиччэ киһи буолумматын хайыахтарай, күүһүлээтэхтэринэ эрэ табыллыах быһыылааҕа. Суонда бу билигин сүөрэн босхолоон кэбиһэрэ эмиэ сатаммат. Эрэйдээх кэлгиэтэ сөллүө да, төттөрү куоратыгар ыстаныа, ону эмиэ бохсоругар тиийиэ дуо? Оо, кэбис, ол кэриэтин маннык барбахтыы түһүөххэ. Ырааттаҕына хайаан төннүөй –

Скачать книгу