Киһи биирдэ олорор. Софрон Данилов
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов страница 48
Барахсан көмүскэһэ диибин диэн. Аргыылап былыр биирдэ от тиэйэр саҥа хатыс өтүү сыарҕаҕа алҕас сүгэ биитигэр түбэһэн быһа ыстаммытыгар кыыһырбыта, Суонданы үнтү ыххайбыта: “Тугу да харыстаабаккын! Хараҕыҥ тэһэ ыстаммыта дуо? Тоҕо көрбөтөххүнүй?!” Суонда аһарынан тыл быктарыа баара дуо, саҥата суох буруйданан умса көрөн турдаҕа дии. Онуоха Кыыча сүүрэн туотарыйан кэлбэтэх үһү дуо! Кэлэн, Суонданы илиититтэн харбаабытынан аҕатыттан быыһыы түспүтэ уонна, быыкайкаан атаҕын сыыһынан дибдигирии-дибдигирии, умайыктаммыта: “Суонтааны эн мөҥүмэ! Эн күргүйдээмэ! Мин Суонтаам. Эйиэнэ буолбатах. Мин Суонтаам! Мин кырбатыам суоҕа! Эн киэр бар!” Оо, онно сыччыый сыыһа кыыһыран чорбойбут уоһун, уоттаммыт хараҕын! Бэл улуус бүтүннүүтэ куттанан утары көрбөт Аргыылаба соһуйан ах баран чыпчылыҥныы турбута. Суонда сонно таһырдьа ыстаммыта уонна, уйадыйан, айманан, кыс мас кэтэҕэр саһан олорон ытаабыта…
Ол бэйэтэ бу билигин Кыычата барахсаны хараҕын уутунан сууннаран тиэйэн иһэр. Кини атын хайыыр да кыаҕа суох. Тойоно оннук дьаһайбыта. Ону толордоҕуна эрэ сатанар.
Суонда уончалаах уолчаан эрдэҕинэ аҕата-ийэтэ өлөн төгүрүк тулаайах хаалыаҕыттан Аргыылап илии-атах киһитэ буолбута. Онтон ыла бу орто дойдуга үҥэр таҥарата, үрдүк суута, муҥур тойоно – Аргыылап. Өйдүүрүн тухары наар кини үлэтин үлэлиир, мэлдьи кини дьаһалын толорор. Оҕо эрдэҕиттэн оҕонньор буолара чугаһыар диэри