Төлкө. Николай Якутский
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Төлкө - Николай Якутский страница 68
– Дьиэҕин, дьонуҥ малын, сүөһүлэрин туттардахтарына биэриэхпит, билигин биһиги баайбыт эрэ диэн – ол сымыйанан оҥоһуллубут «биэксэл» кумааҕылара… Биэрбэппин!
Дьаакыбылап кулуба, уордайан, хатыылаах баҕайытык көрүтэлиир.
– Ол кумааҕылары биэрбэт буоллаххытына, мин эһиэхэ тугу да биэрбэппин!.. Сарсын үрээнньик тойон кэлэн ол кумааҕылары ылан биэриэ!
– Баһыыба, ити курдук саҥараргын көһүппүтүм өр буолла, – диир Маайа эҕэлээхтик.
– Оҕом сирэйин быһа охсубуккар хоруйдуу түһэриҥ буолуо! – диэн Дьаакыбылап Сүөдэри саанар.
Маайа, кини сирэйин супту көрөн туран, улаханнык абарбыт-сатарбыт куолаһынан этэр:
– Эһиги уолгут сирэйин Сүөдэр охсубатаҕа, мин кини сирэйин быһа охсубутум, мин хоруйдуом!.. Ол эрээри хоруйдуур да күн кэллэҕинэ, тоҕо сирэйин быһа оҕустарбытын эһиги да уолгут эппиэттиир ини!
Дьаакыбылап кулуба, туох да диэн хоруйдуон булбакка, богдоччу кыыһырар, харса суох үөхсэн барар:
– Аанньа дьахтар, ийэлээх аҕатын быраҕан, ыал хамначчытын батыһан барыаҥ дуо?
– Хамначчыт эһигиннээҕэр ыраас санаалаах, киһилии сүрэхтээх эбит, – Маайа эбии тууһаан биэрэр.
Дьаакыбылап кулуба, ыксаан, таһырдьа ойон тахсар уонна балаҕан аанын күүскэ быраҕан «лап» гыннарар.
Балаҕан иһигэр өр соҕус ким да саҥарбат. Сөдүөччүйэ эмээхсин иһиллээн эрэрдии төбөтүн кыҥнаҥнатан ылыталыыр. Маайа оһох аттыгар хайдах турарай да, ол курдук хамсаабакка турар. Сүөдэр, тойоно кыыһыран тахсыбытыттан соһуйан, аан аттыгар саҥата суох туран баран, кэмниэ-кэнэҕэс дьэ саҥа таһааран ыйытар:
– Ити кини тоҕо «биэксэл» кумааҕыларыгар наадыйдаҕай?
– Мин үҥсүөм диэн куттаабытым. Кини да буоллар куттанар эбит ээ, – диир Маайа.
– Баҕар, кырдьык мин дьонум малын, дьиэлэрин биһиэхэ биэрээри гыммытын, эн кыыһырдан таһаарбытыҥ буолаарай? – Сүөдэр мунаарар санаатын ыйытар.
– Дьиэ-уот биэрэр киһи ити курдук сылдьыбат, – Маайа киэр хайыһар.
Сөдүөччүйэ эмээхсин кинилэр кэпсэтэллэрин саҥата суох истэн олорор. Кини хапсыччы хатан хаалбыт иэдэһинэн хараҕын уута сүүрэн мөлбөрүйэн түһэр.
– Сарсын, үрээнньик тойону аҕалан, күүһүнэн былдьатан ылыах буолар буолбат дуо? – Сөдүөччүйэ эмээхсин санаатын этэр. Сүөдэр үөһэ тыынар: «Мин сордооҕу хаайаллара буолуо», – диэн санаа киниттэн арахпат.
– Сүөдээр, биһиги манна хааларбыт сатаммат… Ол үрээнньиги аҕалан күүстэринэн ылыахтарын иннинэ куоттахпытына сатанар, – диир Маайа эригэр.
– Оҕом бэрт сөпкө этээхтиир, – диир Сөдүөччүйэ эмээхсин. Бу Дьаакыбылап баайдаахха кини бэрт өр үлэлээбитэ. Кинилэр утары көрөн мөккүһээри гыммыт киһини киһи гымматтарын эмээхсин бэркэ диэн билэрэ. Манна Сордоҥ Уйбаан диэн хамначчыт киһи баара. Ол киһиэхэ үлэлээбитигэр буут сиэмэ