Төлкө. Николай Якутский
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Төлкө - Николай Якутский страница 69
– Эмээхсин сөпкө этэр, – Маайа Сүөдэргэ сибигинэйэр. – Били эйигин ойуур иһигэр көрсөрбөр, мин төрөөбүт Төгүрүк алааспыттан ураты сир-дойду суоҕун курдук саныырым. Эн биһикки ситим курдук синньигэс суолу батыһан барбыппыт, кини бүтүөхчэ бүппэтэҕэ, быстыахча быстыбатаҕа. Ол суолу батыһан бачча ыраах сиргэ кэлбиппит…
Ити курдук кэпсэтэ олордохторуна Малаанай Ньукулай балаҕан иһигэр көтөн түһэр.
– Туох айдаанын тардаҥҥын, тойоммут үрээнньиктэннэ? – диэн кини Сүөдэртэн ыйытар.
– Ким барда?
– Ким барыай, миигин ыытар… Бу үрээнньиги мииннэрэр аты тута баран иһэбин.
– Хаһан бараҕыный?
– Аты тутан аҕаллым да, барабын… Тойонум: «Сарсыарда ыал туруута үрээнньиги манна баар гын!» – диэтэ.
Ол киэһэ Сөдүөччүйэ эмээхсин от тэллэҕэр бэрт өр утуйбакка сытар. Сотору-сотору ыар бэйэлээхтик үөһэ тыынар, ынчыктыыр, ардыгар ытамньыйан да ылар. Кини Сүөдэри, кыра эрдэҕиттэн бэйэтин оҕотун курдук көрөн, дьон атаҕастыырыттан-баттыырыттан көмүскэһэн-харыстаһан баччатыгар тиэрдибитэ. Сөдүөччүйэ эмээхсин бэйэтэ ыал буолар, кэргэннэнэн, оҕо төрөтөн олорор дьолун билбэтэҕэ. Былыр кыра кыысчаан эрдэҕинэ бу Дьаакыбылап кулуба аҕата баай Баһыкка оҕонньор хамначчытынан ылбыта. Онтон ыла икки хараҕынан көрбөт буолан хаалыар диэри хараҥа хотон иһиттэн тахсыбакка хамначчытынан сырытта. Кини маҥнай утаа Сүөдэри мин курдук тулаайах сордоох диэн аһынара, көмүскэһэрэ. Онтон хойут кинини бэйэтин оҕотун курдук таптыыр буолбута.
Түүн ортото ааһыыта, дьон кытаанахтык утуйа сытар кэмнэригэр, Сөдүөччүйэ эмээхсин аргыый аҕай туран, Сүөдэрдээх оронноругар кэлэн сибигинэйэр:
– Сүөдэ-эр… Маайа-а!.. Туруҥ!
VIII
Сөдүөччүйэ эмээхсин туруортаары ыҥырар саҥатыттан уһуктан, Маайа оронугар олоро түһэр. Сүөдэр сылайбытыттан, кыыһырбытыттан, охсуспутуттан, куттаммытыттан – барытыттан, өлбүт киһи курдук, кытаанахтык утуйа сытар. Маайа Сүөдэр хара баттаҕын имэрийэ-имэрийэ:
– Турабыт… – диэн эмээхсиҥҥэ сибигинэйэр.
Сөдүөччүйэ эмээхсин саҥата суох оннугар барар.
Балаҕан иһэ им-ньим. Малаанньыйа хабырынан кычыгыратара Маайа кулгааҕар хайдах эрэ: «Абатыан!.. Абатыан!» – диэх курдук иһиллэр.
Ити кыыс сордоох, кыһын ынах сааҕын күрдьэ сылдьан, Маайаҕа бэрт кистэлэҥинэн бу курдук кэпсээн турар:
– Сүөдэркэ күүһүлээн оҕо оҥорон кэбиспитэ. Мин, саатаммын, кимиэхэ да биллэрбэккэ сылдьыбытым. Сотору иһим биллэр буолбута. «Кыыһынан