Төлкө. Николай Якутский
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Төлкө - Николай Якутский страница 70
Сүөдэр туран эмээхсин аттыгар кэлэр. Кини эмиэ төрөппүт ийэтинээн арахсан эрэр курдук уйадыйар.
– Хаһан аны эһиги саҥаҕытын истэбин… Уһаабакка, анараа дойдуга аттанан, сынньанарым буоллар… Бу дойду түбүгүттэн тэйэн, уһун уубун утуйарым буоллар, сынньанаахтыа этим…
Маайа Сөдүөччүйэ эмээхсини мыччыстаҕас иэдэһиттэн сыллаан ылар.
– Быраһаай, тукаам, Сүөдэргин үчүгэйдик көрө-истэ сырыт Кини бэрт көрсүө майгылаах эйэҕэс оҕо… Тапталгытынан бэйэ-бэйэҕитин өйөстөххүтүнэ, үчүгэйдик сылдьыаххыт. Мин сордоох икки харахпын бу ыал хотоннорун ыыта тэһэ сиэбэтэҕэ буоллар, эһигини кытта барсыа этим… Чэ, барыҥ, баҕар, атын сиргэ дьоллонуоххут… Ыалдьымаҥ-сүтүмэҥ!
Маайалаах Сүөдэр, санаалара айманан, ыар сүгэһэри сүкпүт курдук буолан, балаҕан үрдүк модьоҕотун атыллаан, таһырдьа тахсаллар. Тахса илик күн кыыһаана халлаан илиҥҥи иитигэр курдуу түһэн сытар күөх былыты кыһыл көмүс дуйунан соппут.
Маайалаах Сүөдэри сарсыардааҥҥы сөрүүн салгын тыбыс-тымныынан кууһа охсон ылар. Кинилэр, даллары туораан, айан суолугар киирэн тохтууллар. «Ханна барабыт?» – диэн санаа кинилэр иннилэригэр, сабыылаах аан курдук, туора түһэн кэбиһэр.
Сүөдэр, бу туран, били Дьаакыбылаптаахтан күрээн баран олоро сылдьыбыт Лэгиэнтэй атыыһыттааҕын өйдүү түһэр:
– Маайа, биһиги Лэгиэнтэй атыыһыттаахха барыах.
Лэгиэнтэй атыыһыт туһунан Маайа былырыын Намҥа кэлэн иһэн Сүөдэртэн истибитэ. Онтон ыла кыккыраччы умнан кэбиспит эбит. Оттон Сүөдэр, били сымыйанан «атыыһыт уолабын» диэн ааттана сылдьыбытын санатарын иһин, Лэгиэнтэй атыыһыттаах ааттарын урут биирдэ да ахтыбатаҕа.
– Ол ханна олорор атыыһытый?
– Мантан ыраах… Киллэм дэриэбинэтигэр…
Кинилэр, барар сирдэрэ биллибититтэн үөрбүт курдук, айан суолугар тахсан тус илин хаамсан бараллар. Ити икки ардыгар күн былыт алын кырыытынан кылбайан тахсар. Оттуун-мастыын, көтөрдүүн-сүүрэрдиин бука бары уһуктан, үөрэн-көтөн чөрөһөллөр, ыллаан-туойан лыҥкынаталлар, айаатаан-мөҥүрээн айдаараллар.
Маайалаах, халыҥ соҕус тиит арыыны туораан, киэҥ киллэм хонууга киирэллэр. Суоллара кырдал үрдүнэн барар. Аллараа хотоолго уһун-инньигэс элгээн уута кылбайар. Элгээн үрдүнээҕи кырдал хааһыгар бэрт элбэх киһи уҥуоҕа көстөр. Манна Сүөдэр аҕалаах ийэтин уҥуохтара эмиэ баара. Кинилэр, ханнык эрэ дьаҥтан бииргэ өлбүт буоланнар, биир ииҥҥэ көмүллүбүттэр.
– Маайа, мин дьонум манна көмүллэ сыталлар, – Сүөдэр дьонун уҥуохтарын аттыгар кэлэн тохтуур.
Маайа саҥата суох хараҕын уутун соттор. Кини бу туран бэйэтин төрөппүттэрин санаан кэлэр: «Оо, дьонум, миигин сүтэрэн, төһө эрэ айманнылар буолла? Ийэм эрэйдээх төһө эрэ ытаата-соҥоото буолла».
Ол курдук аттакылар олорор Ньукуолускай диэн дэриэбинэлэрэ көстөр. Аллара, өрүс боротуокатын кыйа, Хамаҕатта ыалын дьиэлэрэ тураллар.