Кырыыстаах таас. Тумарча

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Кырыыстаах таас - Тумарча страница 19

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Кырыыстаах таас - Тумарча

Скачать книгу

эмэ хайаан да кистэнэ сытар буолуохтаах. Хайаан да баар, ону Лөкөй Лөгөнтөй булбут сомоҕо көмүһэ туоһулуур. Биһиги быйыл саас Муҥур үрүйэттэн мэлийдибит эрээри, атын үрэхтэри, үрүйэлэри билбэппит эбээт. Ханан эрэ элбэх, бөдөҥ көмүстээх сир баар буолуохтаах. Ону көрдүөххэ, булуохха эрэ наада. Туора салаа үрэххэ кыһын хаспыт уонча ииммитин быыс булан сууйбакка хааллыбыт. Кинээс тиэтэппитин кэннэ өрөлөһө сылдьар кэлиэ дуо?! Ол кэриэтин үлэ тохтууругар тиийэр. Бостуой холдьохсо, хайыы сылдьыа. Кэнники төннөн кэлэн да сууйуллуо. Бориска арҕас оройун эргийэ барда. Уһуктаах, кырыылаах үрүт өттүлэрэ түүнүгүрбүт таастар бэрээдэгэ суох күөрэ-лаҥкы дьапталана сыталлар. Түҥнэри сирэйгэ ситэ ууллубакка хаалбыт хаар лоскуйун алын өттүгэр эмиэ да маҥан, эмиэ да саһархайдыҥы бороҥ өҥнөөх көһөҥө таастары ылан көрбөхтөөтө. Бөдөҥ куһуоктары бэйэ-бэйэлэригэр үлтүрүтэ быраҕан, дьэбин сиэбитин курдук бороҥ өҥнөөх таас бытархайдарын сирийэн кыҥастаста. Кыһыл көмүс үрүҥ таастарга баар буоларын туһунан кини истэр этэ да, урут түбэһэн көрө илигэ. Бодойбоҕо даҕаны маннык таас баарын өйдөөбөт. Арай иллэрээ саас Дьокуускай бириистэнигэр көрсүбүт инженерин этиитин санаан кэллэ. Кини өлүөхүмэ бириискэлэригэр баран иһэрэ. Борискалаах өймөкөөнү хайдах баран булуохтарын билбэккэ муна-тэнэ сырыттахтарына, көрсүһэ түспүтэ. Кинилэр көмүс көрдүүр баҕалаахтарын олус сэргии истибитэ. Уонна сүбэлиир кэриэтэ этэн турардаах: «өйдөөҥ, кыһыл көмүс уот сиэбитин курдук бороҥ өҥнөөх кварц тааска баар буолааччы. Оттон бытархай көмүһү намыһах хайалардаах нэлэгэр хочолоох үрэхтэргэ көрдүөххэ наада», – диэн. Бориска кыра куһуок тааһы илиитигэр ылан, эргитэ-урбата тутан көрө-көрө, дьонун диэки барда. Бу иһэн үөһэттэн көрдөҕүнэ, Сиридикээн хочото, кырдьык даҕаны, өргөһө кылаана суох, мүлүркэй төбөлөөх хара тыанан саба үүммүт, сөбүгэр сырыынньа үрдүүр хайаларынан кэрэһилэммит, киэҥ нэлэккэй көрүҥнээх эбит.

      Дьоно ындыыларын көтөҕөн хомуна сылдьаллара. Үстүү аты кутуруктарыттан холботолоон миҥэ аттарыгар сэтиилэммиттэр. Тойон Сиидэр кинээс эрэ атын сулумахтыы сиэтэн аллара диэки хаамта. Бу сис хайаттан соҕуруу диэки таҥнаран, Буйунда өрүс хаҥас салаатын тутуһан Хобочоон диэн үрэх хочотугар киирдилэр. Бу үрэх төрдүттэн биир көс аллара Буйунда соҕотох ыала Лөкөй Лөгөнтөй олоҕо баар. Сиидэр кинээс Лөгөнтөйгө сылдьар наадалаах буолан, хотугулуу-илин иэҕилиннилэр. Онон кэлэ-бара икки көс сири сүтэрэр буоллулар. Лөгөнтөйдөөххө хонуохтаахтар. Кинилэргэ хайата да биир. Хата, бу түүн Лөгөнтөйү кытта кэпсэтиэхтэрэ. Ону-маны ыйыталаһар да санаа баар. Ыаллара киэһэ аһылыктарын аһаан утуйаары олордохторуна тиийдилэр. Хоноһолор кэлбиттэригэр, ордук тойоннорун көрөн уот оттор, күөс буһарар түбүгэр түстүлэр. Кинээс дьиэҕэ киирдэ. Дьоно ындыыларын түһэрэ, аттарын сыбыдахтыы хааллылар.

      – Хайа, бу кэпсээҥҥит? – тойон киирэн уҥа ороҥҥо олорон сөҥүдүйдэ.

      – Суох. Эн кэпсээниҥ? – Лөкөй улахан талах олоппоһугар

Скачать книгу