Төлкө. Николай Якутский
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Төлкө - Николай Якутский страница 35
«Оҕом ол иһин ынах ыыр баҕаламмыт эбит буоллаҕа, – Ылдьаана быһаарар. – О-о, оҕом сүтэрин кытта, тоҕо бу кырдьаҕаһы ыҥыран көрүү көрдөрбөтөх бэйэбитий?»
– Аламай күн арҕаа тыа кэтэҕэр саһара саһыыта, ыыр ынахтарыттан бастыҥа – салдьыгыр муостаах саадьаҕай ынахтааҕа…
– Чахчы?.. Ити Хотооной! – диэн Сүөкүлэ кыыс саҥа аллайар.
– Аргыый! – диэн кыыһы саба саҥаран кэбиһэллэр.
– Киирбэтэҕин көрдүү, ойуурга тахсыбыт эбит…
– Чахчы!.. Чахчы! – диэн сэҥээрэллэр.
– Ол сылдьан дьон хараҕыттан куотан, бэйэтигэр тиийинэр сөптөөх маһы көрдөөбүт. Онуоха диэтэҕим – хара тыа иччитэ – күөх сэбирдэх таҥастаах, көмнөх хаар бэргэһэлээх, көтөҕө бытыктаах, көҥдөй чөҥөчөх дьиэлээх, көҕөччөр тииҥ көлөлөөх, сур кырынаас соноҕостоох, соҕох солоҥдо баайдаах, Хараҕалдьын тойон хараҕын баайан, муннарбыт эбит… – ойуун өрө эҕирийэн түргэн-түргэнник дүҥүрүн охсумахтаан ньириһиттэ. – О-ок-сиэ, доҕоттоор, тиийбит сирэ – дьэгинин ньии, тохтообут сирэ – олуонатын ньии!.. – диэн баран, туран кыыран илгистэн барда.
Бу күннэргэ Маайаны көрдөөн эрэйдэммит дьон, кини ханна барбытын, билигин ханна баарын истээри, кэтэһэн олордулар. Ойуун субу этиэхчэ буола-буола эппэт. Ол ахсын кэтэһэллэрэ ордук күүһүрэр.
Сыгынньах ойуун, өр соҕус кыыран илгистэн баран, кэлэн олбоҕор олорор уонна эмиэ аргыый аҕай кутуран, көрүүлэнэн барар:
– Эҥкэркэй эҥээрдээх, эмпэркэй хайалаах, аҥылыйбыт салгыннаах, ааһа турар уулаах сүҥкэн өрүс кытылыгар тахсыбыт…
Ойуун инньэ диирин кытта истэн олорор дьон ботугураһа түстүлэр:
– Бүлүүгэ киирбит…
– Мантан аҕыс биэрэстэлээх сиргэ тиийбит.
– Ол да иһин… Манна, чугас баара буоллар көстүбүт буолуо этэ…
Ойуун, дьон кэпсэтэрин иһиллээбит курдук, саҥата суох сөҥөн олордоҕуна, дьиэлээх тойон Харатаайап:
– Көрөр хараҕыҥ ырааһырдын, истэр кулгааҕыҥ сэргээтин! – диэн сэҥээрэн, кымньыылаан биэрдэ.
Ойуун, дүҥүрүн охсон дэгэрэҥнэппэхтээн баран, эмиэ көрүүлэнэн:
– Ол тахсан, уҥа-хаҥас өттүн одуулаан көрбүтэ: быстан түһэр мыраан үрдүгэр хоҥкугур төбөлөөх, куурбут лабаалардаах, хоҥноххой хатырыктаах, хоппоҕор силистээх хохудал мас өрүскэ түһээри өҥкөйөн турарын булан, оҕоҕут барахсан ол маска… Сайыҥҥы күн саарыы тахсыыта эриэн ситии быатын иилэ бырахпыт, моонньуттан муомахтаммыт… – диэн ойуун көрүүлэнэ олордоҕуна Ылдьаана:
– Оо, оҕобун ньии!!! – марылаччы ытаан барда.
– Өлүү кыыһыгар үтүрүттэрэн, икки хараҕын быһа симэн, ыстанан кэбистэ…
– Ы-ы-ы-һы-һы!.. Ы-ы-ы-һы-һы! – диэн Ылдьаана туттуна сатыы-сатыы ытаан энэлийдэ.