Төлкө. Николай Якутский

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Төлкө - Николай Якутский страница 38

Жанр:
Серия:
Издательство:
Төлкө - Николай Якутский

Скачать книгу

хараҕа ирим-дьирим буолла. Ньирэйин ситэ эмнэрбэккэ эрэ быатыттан соһон баайан бооччойдо. Түргэн бэйэлээхтик олоро түһэн, ынаҕын ыары эмиийин чопчутун туппахтаабытыгар, ынаҕа тэбиэлэннэ. Кыыс: «Тохто-о!» – диэн ынаҕын буойан хаһыытыах санаалааҕа да, айаҕыттан тыла тахсыбата. Ол олордоҕуна ким эрэ кинини көхсүгэр аста. Кыыс хатан баҕайытык часкыйбытын кулгааҕа эрэ истэн хаалла. Бэйэтин хаһыытыттан куттанан, ыаҕастаах үүтүн тоҕо бырахта уонна хотон иһиттэн иирбит курдук сүүрэн таҕыста. Балаҕаҥҥа киирэн оронугар умса баран түстэ.

      – Сүөкүлэ үүтүн тоҕо бырахпыт… Ньирэйин баайбатах, – диэн кыргыттар хотуннарыгар тахсан эттилэр. Ылдьаана, туох буолбутун билээри, балаҕаҥҥа барда.

      – Хотуой, бу туох буоллуҥ? – Сүөкүлэ кыыһы эҥил баһыттан тардыалыы-тардыалыы, хотун ыйытта. Кыыс туох да диэн булбата: бу киэһэ ыабыт икки ынаҕын үүтүн тохпут буруйдаах, ньирэйин баайбакка, ынаҕын эмтэрэн кэбиспитэ эмиэ буруй, онуоха эбии куттаммыта биир оччо.

      – Кыыспыт таарымталаммыт, – дэстилэр кыргыттар.

      Итини истээт Сүөкүлэҕэ санаа көтөн түһэр: «Мөҕүллүөм кэриэтэ, таарымталаммыта буолан, мэнэрийиминэ». Инньэ дии санаат, кыыс Маайа үөрүнэн, кини саҥатын үтүктэн мэнэрийэн барда.

      Ыччакабын да-а!

      Тоҥнохпун да-а!

      Эриэн ситии быа

      Хам туттаҕын да-а!

      Мин сордоох

      Эппин-хааммын

      Сир Ийэ ылымына

      Илэ сырыттаҕым!

      Ыччакабын да-а!

      Тоҥнохпун да-а!

      Ийэлээх аҕам

      Ииппит-аһаппыт

      Иэримэ дьиэлэрин

      Буулаан буллаҕым!

      Кыыс мэнэрийэриттэн балаҕан иһигэр баар дьон бары куттаннылар. Хотуннара ытыы-ытыы тахсан барда. Кыргыттар: «Маайа ханна эрэ турда?» – диэбиттии балаҕан хараҥа муннуктарын көрөллөр-истэллэр.

      Бу күнтэн ыла хоспоххо сытар хаппыт кур тириини аччык кутуйах кирэрэ, ханна эрэ чабычах туоһун тарбаан хачыгыратара барыта дьону куттуура. Сайыҥҥы куйааска дьиэ эркинин маһа хайыта хатан тыһыргыыра, аһаҕас турар аанынан дьиэ иһигэр салгын киирэн тугу эмэни хамсатара барыта «Маайа үөрэ» диэн ааттанар буолбута.

      Сүөкүлэ Маайа үөрүнэн мэнэрийбитэ аҕыйах хонук ааһыыта, Кэтириис ыыр ынаҕын эмиийэ хайыта хатан чопчутун туттарбат буолбута. Ыанарыгар тэбиэлэнэрин иһин, атахтарын кыаһылаары, быа ыла кыһыҥҥы хотонноругар барар. Эрдэ этэ, күн киирэ илигэ. Ол эрээри Кэтириис хотон иһигэр куттана-куттана киирбитэ. Баҕанаҕа баайыллан турар быаны ылаары кини түргэн баҕайытык харбыалаһан баран иһэн, хараҕын кырыытынан көрбүтэ: Маайа сирэйэ кубарыйан баран, моонньугар эриэн ситии быалаах турара. Кэтириис куттанан часкыйа түһээт төттөрү ыстанар. Хотунугар Ылдьаанаҕа сүүрэн мэҥийэн кэлэн:

      – Маайа… хотон иһигэр… – дии-дии, тэтиҥ мас сэбирдэҕэ тыалга хамсыырын курдук, титирэстиир.

      – Чэ, барыах, көрдөр! – диэн баран Ылдьаана кыыһы илиититтэн сиэтэн, хотоҥҥо илдьэ барар. «Оҕом Маайа ама да үөр буолбутун иһин…

Скачать книгу