Төлкө. Николай Якутский
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Төлкө - Николай Якутский страница 37
Оо, ол алаадьы барахсан минньигэһин, үчүгэйин эриэхсит! Ылдьаана хас сайын аайы ол маҥнайгы от охсо киирэр күннэрин «алаадьы сиэм этэ» диэн олус кэтэһэрэ. Оттон билигин күннэтэ аайы – алаадьы. Ол алаадьыны сиэн баҕарыахтааҕар, көрүөн да баҕарбат. Үлэлээбэт киһиэхэ ас да амтана суох буолар эбит…
«Ас, баҕар, буоллун даҕаны, оннооҕор таҥас биир оннук буолар эбит», – дии санаан ылла Ылдьаана. Кини аҕатынаан биир сайын баай Хаппытыанаптаахха оттообуттарыгар дьэрэкээн ойуулаах сиидэс таҥаһы ылбыттара. Ону киниэхэ ырбаахы тигэн кэтэрдибиттэрэ. Оо, ол ырбаахытын кэтэригэр үөрбүтүн эриэхсит! Кини ырбаахытыгар холоонноох таҥастаах кыыс ханна да суоҕун курдук санаммыта. Оттон билигин кини таптаабыт таҥаһын таҥнар. Таҥаһа элбэх буолан, биир да таҥаһы күндүтүк көрбөт, үчүгэй дии санаабат. Тэлгэһэҕэ элбэх оту сүөһүгэ биэрдэххэ, ол от төһө да күөҕүн, минньигэһин иһин, сүөһү тэпсэ сылдьар үгэстээх. Киһи син ол курдук. Ылдьаана хаарыс-солко таҥастары кэһэ сылдьан таҥнара да, биирдэстэрин да, үлэлээн ылан кэппит сиидэс ырбаахытын курдук, күндүтүк санаабат этэ.
Күһүн, от-мас хагдарыйыыта, от-бурдук үлэтин бүтэрэн кэллэхтэринэ, ийэлэрэ малааһыннаан, эмиэ алаадьы алаадьылаабыт буолара. Ылдьаана ол алаадьы сытын алааһын саҕатыгар киирээт билэрэ. Ол уһун сайыннааҕы үлэ бүппүт күнэ кэрэтин кини хаһан умнуо баарай?! Оттон билигин сайыҥҥы үлэ бүтэр эрэ, бүппэт эрэ – Ылдьаана ону билбэт да этэ. Хантан билиэй, бэйэтэ үлэлээн сылайбат. Хамначчыттарын Сэмэн бэйэтэ үлэлэтэрэ.
Ылдьаана эргэ тахсыаҕыттан ыла бу бүгүн аан бастаан кэлэн былыр оттообут, сөтүөлээбит Бүлүүтүн өрүһүн кэрэ киэлитин көрө турар. Кини бүгүн сиртэн тахсар кэрэ сыты, ойуур дабаххай сыттаах минньигэс салгынын билбэккэ да манна киирдэ. Оннооҕор ойуур иһигэр ыллыыр чыычаахтар саҥаларын кини кулгааҕа ытыыр саҥа курдук истэр буолла.
Ылдьаана бу туран, эбэтин иччитигэр оҕотун ылбытын иһин хом санаатын барытын этэн, өрүс кытылын үрдүгэр бэрт өр сытан, уоскуйан баран, дьоно сүтүктээн олордохторуна, киэһэ борук-сорук буолуута дьиэтигэр киирдэ.
Хагдарыйбыт мутукча, хатыҥ, тэтиҥ сэбирдэҕэ, күһүҥҥү «көтөҕө тэбиир» күүстээх тыалтан, хаар курдук, саккырыы тохтон бүттэ. Хаара суох хара тоҥот күһүн буолла. Ынахтар, сииктээх хара муннуларынан, хагдарыйбыт оту сыллаан көрө-көрө, дьиэлэригэр аччык төннөллөр, маҥыраһа-маҥыраһа тэлгэһэттэн арахпаттар.
– Хаар түһээри гыммыт, сүөһү дьиэ таһыттан арахпат буолбут, – диэн кырдьаҕастар тойонноотулар.
Кырдьык, аҕыйах хонугунан кыстык хаар түстэ. Күннэр, нэдиэлэлэр, ыйдар, илим хотоҕоһо ойбонтон тахсарын курдук, утуу-субуу кэлэн ааһан истилэр. Харатаайап кулубалаах кыыстара Маайа маҥнай сүттэҕин утаата, кини аатын күҥҥэ сүүстэ ахталлара, ааттыыллара. Күн, ый ааһан истэҕин аайы, Маайа таҥастаах дьааһыгын үрдүгэр